Мороженай
Үрүҥ үүппүт үрдүттэн
Ытыгынан ытыйан
Ийэм, эбэм оҥорор
Минньигэс мороженай
Ньом-ньом, ньом-ньом.
Дьикти араас амтаннаах,
Эриэхэлээх, дьэдьэннээх,
Сакалааттаах буолааччы
Ньом-ньом, ньом-ньом.
Баахылаттан чааскылаах,
Ньуосканан барыанньалаах
Тарбаҕынан амсайыах
Тымныыларга тоҥоруох
Тоҥ-тоҥ,тоҥ-тоҥ
Аргыый сэрэнэн ытыр
Тылгын сэмээр даҕатан
Тымныы Моруос оҕонньор
Күөмэйгин кытардыаҕа
Уай-уай, уай-уай.
Күнү быһа да сиибит
Олус-олус таптыыбыт
Мороженай туһунан
Ырыа айан ыллыыбыт
Ньом-ньом, ньом-ньом.